15 июня 2023, 12:19
167
6 минут

Семен Ануфриев: «Хайа да кэмҥэ куруук бэлэм буолары ирдиир»

Семен Ануфриев: «Хайа да кэмҥэ куруук бэлэм буолары ирдиир»

Семен Ануфриевы мас тардыһыытын, саха многоборьетын сэргиир дьон бэркэ билэллэр. Кини 2 №-дээх баһаарынай чааска үлэлиир. Эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх, олоххо тулуурдаах, кытаанах санаалаах ыччаттыын кэпсэтиибин таһаарабын.

Ааптар: Айталина Софронова

— Семен, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.

— Мин Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Оскуолабын 2015 с. бүтэрбитим, ол кэннэ тутатына орто үөрэххэ үөрэнэ сылдьаммын аармыйаҕа барбытым, муоратааҕы байыаннай флотка сулууспалаан кэлбитим. 2017 с. орто үөрэхпин бүтэрэн, Чурапчытааҕы физкултуура институтугар туттарсан киирбитим. Бастакы кууруһу ситиһиилээхтик бүтэрэммин, салгыы ХИФУга көспүтүм. Устудьуоннуур сылларбар мас тардыһыытынан уонна сахалыы многоборьенан күүскэ дьарыктаммытым.

Дипломмун ылан баран сыл курдук үлэтэ суох сылдьыбытым, быстах үлэлэргэ үлэлээбитим. Ол эрээри дьарыкпын тохтоппотоҕум.

— Баһаарынай үлэтигэр хайдах кэлбиккиний?

— Былырыын сэтинньи ыйга сүүмэрдээһини, тургутугу ааһаммын киирбитим. Миэстэ, үлэ даҕаны куруук былдьаһык буолар эбит, «резервэҕэ” сылдьан баран киирбитим. Үчүгэйэ диэн чааспар барыта бэйэм үөлээннээхтэрим үлэлииллэр.

— Баһаарынайдар үгүстэрэ физкултуурунай идэлээх дьон быһыылаахтар. Оттон оҕо сылдьан туох идэлээх буолуоххун баҕарар этигиний?

— Оскуолаҕа сырыттахпытына полиция, баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ кэлэн лиэксийэ ааҕан, идэлэрин кэпсээн, билиһиннэрэн бараллара. Ону олус сэргии истэр, эмиэ кинилэр курдук пуормалаах сылдьар баҕалаах этим. 5-с кылааска үөрэнэр кэммэр ыаллыы олорор дьоммут отторо умайбытыгар баһаарынай сулууспа уолаттара кэлэн умуруоран барбыттарын хайдах эрэ харахпар хатаан кэбиспитим.

— Үлэҕит хайдах ааһарын кэпсии түһэриҥ буоллар.

— Уопсайа түөрт караул баар, мин үһүс караулга баарбын. Сарсыарда 07:50 чаастан сменаҕа тахсабыт, караул начаалынньыга доруобуйабытын, турукпутун бэрэбиэркэлиир. 09.00 чаастан үөрэх чааһа саҕаланар, онтон быраактыка барар.

— Саамай өйдөнөн хаалбыт түгэннээххин дуо?

— Бу дьыл ыам ыйын 4 күнүгэр Дьокуускайга «Илин эҥэр» атыы-эргиэн киинэ баар дьиэтигэр улахан баһаар буолбута. Бу кэмҥэ караулбут начаалынньыга хата бэйэтэ түннүгүнэн хара буруо тахсан эрэрин түбэһэ көрөн, биһиги сүүрэн тахсан массыынаҕа олорбуппут. Төлөпүөнүнэн биллэрии гараастан тахсан истэхпитинэ биирдэ кэлбитэ. Инньэ гынан баһаар турбут сиригэр үс мүнүүтэнэн айаннаан тиийбиппит. Үөһээ тахсан маҕаһыын хоруобуйатыгар (кровля) рукавтары тардан баһаары умуруорбуппут, атын караулларбыт эмиэ көмөҕө кэлбиттэрэ. Биһигиттэн уопсайа тоҕус киһи сылдьыбыта.

Маннык түгэҥҥэ киһи туохтан даҕаны куттаммат буолан хаалар эбит диэн түмүк оҥоһуннум.

— Баһаарынай үлэтин үчүгэй өрүттэринэн тугу ааттыаҥ этэй?

— Мин санаабар, үлэ барыта үчүгэй. Ол да иһин ким эрэ учуутал буолуон баҕарар, ким эрэ балыыһаҕа, ким эрэ полицияҕа үлэлиир. Мин бэйэм үлэбин олус таптыыбын, үрдүктүк сыаналанар үлэ ахсааныгар киллэрэбин. Бастатан туран, дьоҥҥо көмөлөһөҕүн, эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх сылдьаҕын, доруобайгын, тулуурдааххын.

— Эн санааҕар, баһаарынай идэлээх киһи сүрүн хаачыстыбата туох буолуохтааҕый?

— Саамай сүрүнэ – дьиссипилиинэ уонна эппиэтинэстээх буолуу. Туруоруллубут соругу сөптөөхтүк толоруу — бу биһиэхэ сүрүн ирдэбил. Судургутук эттэххэ, бирикээһи биир-биэс тыла суох чопчу толоруллуохтаах.

— Үлэҕэр ордук тугу сөбүлүүгүн?

— Кэлэктииппэр табылынным дии саныыбын. Бэйэ-бэйэбитин өйөһө, көмөлөсүһэ сатыыбыт. Хас биирдии суукка бэйэ-бэйэтигэр маарыннаспат. Сарсын ханна барыахтааххын, өйүүн эйигин туох күүтэрин хаһан да сэрэйбэккин. Хас сырыы аайы туох эрэ саҥа, атын.

— Оттон итэҕэстэргэ тугу ааттыаҥ этэй?

— Биллэн турар, идэ барыта туох эрэ итэҕэстээҕэ буолуо. Биһиги үлэбит итэҕэһинэн дьон-сэргэ баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын тутуспатын ааттыахпын сөп. Төһө даҕаны уот сэрэппэккэ күөдьүйэн тахсар идэлээҕин иһин, онуоха куруук бэлэм буолуохха наада. Холобура, олбуорга киирэр аартыгы массыыналарын бүөлээн кэбиһэллэр. Сокуон быһыытынан, биһиги атын массыыналары таарыйар бырааппыт суох, эвакуатордаах сулууспаны ыҥырыахтаахпыт. Бу барыта бириэмэни сиир, дьиҥэр, бу кэмҥэ ким эрэ олоҕун быыһыахха сөп.

— Баһаарынайга үлэлиир киһи ордук туох хаачыстыбалара сыаналаналларый?

— Баһаарынай чааска үлэлиэн баҕалаах киһи балай да тулуурдаах, бэйэтин кыанар буолуохтаах. Аҥаардас кэтэ сылдьар таҥаспыт, тэрилбит ыйааһына 30 киилэ кэриҥэ: саппыкы, таҥас-сап, шлем, баллон о.д.а. Ону таһынан туттар тэрилбит – луом, бензопила, бензорез, рукав, ствол. Онон эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх буолуу улахан оруоллаах.

— Дьиэ кэргэниҥ уонна чугас дьонуҥ идэҕин таларгар хайдах сыһыаннаспыттарай?

— Чугас дьонум өйүүллэр, биллэн турар, долгуйаллар. Бастаан утаа улаханнык харааста сылдьыбыттара, билигин үөрэммиттэр.

— Олоххо тутуһар санааҥ?

— Барыта сатанан иһиэ! Спорт да өттүгэр ситиһии баар, үчүгэй үлэлээхпин, олоҕу таптыыбын.

— Баһаарынай идэтин баһылыан баҕарар дьоҥҥо сүбэҥ.

— Бэйэҕит күүскүтүн сыаналааҥ, атыттарга куттал суоһууругар бэлэмнээххит дуо, онтон быһаарыныыта ылыныҥ.

— Мин көрдөхпүнэ, быһыыҥ-таһааҥ Дыгын оонньууларыгар сөп түбэһэр курдук, холонон көрбөтөҕүҥ дуо?

— Дыгын оонньууларын кыттааччыларын таһыма сыллата кыаҕыран иһэр. Мин 2020 сылтан мас тардыһыытынан күүскэ дьарыктанабын. Онон, баҕар, эһиил боруобаланан көрбүт киһи диэн баҕалаахпын.

— Үчүгэй сонун! Көрдөххө даҕаны, Дыгын оонньууларыгар сүрүннээн баһаарынайдар эрэ илин-кэлин түсүһэр курдуктар эбээт...

— Бааллар. Мин чааспыттан быйыл Петр Прудецкай кыттыахтаах.

Эта статья полезна?

Контакты

101 или 112
Единый телефон пожарных и спасателей
(4112) 508-402, 507-740
Телефон приемной Главного управления
8 (4112) 39-99-99
Единый «телефон доверия»
gu@14.mchs.gov.ru
(не для подачи обращений граждан)