Сайын сезона түмүктэннэ, ГИМС инспектордара республика уу объектарыгар күннэтэ үлэлээтилэр.
Рейдэлэр кэмнэригэр кыра сууднонан сылдьааччылары кытта биирдиилээн кэпсэтиилэри ыыталлар, судоводительская-регистрационнай докумуоннары бэрэбиэркэлииллэр, ону тэнэ судно нуорманан хааччыллыбыт буолуохтаа5ын кереллер (холобур, аптечка, быыьыыр жилет). Быраабыла кэhээччилэр административнай эппиэтинэскэ тардыллаллар. Бугунну куннэ 400-чэ дьыала тэриллэн турар.
Сайынны кэмнэ нэһилиэнньэ маассабай сынньалаҥын миэстэлэригэр, пляжтарга, кенулэ суох сетулээhин миэстэлэригэр патруллар ыытылыннылар. «Вода-безопасная территория» акция ыытылынна. Манна МЧС эрэ улэhиттэрэ буолбакка, олохтоох бэйэни хааччыныы уорганнара, араас министерстволар, ведомствалар, баһаарынай-быыһыыр сулууспалар, волонтердар уонна общественность бииргэ үлэлэстилэр.
Биллэн турур сурун бол5омто о5олорго ууруллар. О5о лаа5ырдарыгар араас дьарыктары ыыттылар.
Билигин ГИМС инспиэктэрдэрэ дьон ууттан сэрэхтээх буолуутун туhунан профилактика улэтин сал5ыыллар.